Тина Төрнер (Tina Turner) диэн АХШ ырыаһыта, ырыа суруйааччыта, актриса. Төрөөбүт аата Анна Мэй Буллок (Anna Mae Bullock). Ыллыыр муусука жанрдара рок, ритм энд блюз, соул, поп, рок-н-ролл. "Рок-н-ролл хотуна" диэн титуллаах.

Тина Төрнер

2009 сыл
Төрөөбүтэ Anna Mae Bullock
1939 сэтинньи 26
Браунсвилл, Теннесси, АХШ
Өлбүтэ 2023 ыам ыйын 24
Күснахт, Цүрих, Швейцария
Үлэтин сыллара 1958–2009

Тина Төрнер карьерата 1957 сыллаахха Kings of Rhythm бөлөххө саҕаламмыта. Бөлөх лидерыгар Айк Төрнерга эргэ тахсыбыта. Тина маҥнайгы "Boxtop" диэн ырыатын ыллыырыгар Little Ann диэн ааттаммыта. 1960 сыллаахха "A Fool in Love" диэн хит ырыаҕа Тина Төрнер аатынан дебюттаабыта. Тина уонна Айк дуэт быһыытынан алыс аатырбыттара. Бииргэ элбэх хиттары таһаарбыттара, олор ахсааннарыгар "It's Gonna Work Out Fine", "River Deep – Mountain High", "Proud Mary", "Nutbush City Limits". 1976 сылга дуэттара эстибитэ. 1980 сылларга Тина Төрнер соло ырыаһыт быһыытынан ситиһиилээх карьерата саҕаламмыта, бу муусука историятын биир улуу төннүүтэ буолар дииллэр. 1984 сыллааҕы Private Dancer альбома мульти-платинум статустаах буолбута. Бу альбом бастыҥ хита "What's Love Got to Do with It" Грэмми бириэмийэ Grammy Award for Record of the Year биһирэбилин ылбыта уонна Billboard Hot 100 чартка бастаабыта. Бу кэннэ "Better Be Good to Me", "Private Dancer", "We Don't Need Another Hero (Thunderdome)", "Typical Male", "The Best", "I Don't Wanna Fight", "GoldenEye" курдук аатырбыт ырыалары таһаарбыта. Тина Төрнер актриса быһыытынан Tommy (1975) уонна Mad Max Beyond Thunderdome (1985) киинэлэргэ оонньообута. Тина Төрнер 2009 сыллаахха Tina!: 50th Anniversary Tour диэн ааттаах турунан карьератын түмүктээбитэ.

Тина Төрнер бары кэмнэрдээҕи биир уһулуччулаах артыыс буолар. Альбомнарын 100 мөлүйүөнтэн тахса копията атыыламмыта. 12 Грэмми бириэмийэ ылбыта. Rolling Stone сурунаал сирэйигэр ойуута тахсыбыт аан бастакы хара артыыс уонна дьахтар буолар. Rolling Stone Тина Төрнеры бары кэмнэрдээҕи 100 бастыҥ артыыс уонна 100 бастыҥ ырыаһыт тиһиктэригэр киллэрбитэ. Тина Төрнер Hollywood Walk of Fame аллеятыгар сулустаах, Rock and Roll Hall of Fame саалатыгар иккитэ тиһиктэммитэ (1991 уонна 2001 сылларга).

Тус олоҕо уларыт

Анна Мэй Буллок 1939 сыл сэтинньи 26 күнүгэр Теннесси штатын Браунсвилл хототугар төрөөбүтэ. Дьиэ кэргэн үһүс кыра кыыһа. Аҕата Флойд Ричард Буллок (Floyd Richard Bullock), ийэтэ Зелма Присилла (Zelma Priscilla). Бииргэ төрөөбүт эдьиийдэрэ Эвелин Хуанита Көри (Evelyn Juanita Currie) уонна Руби Элин Буллок (Ruby Alline Bullock).

Тина Төрнер икки оҕолооҕо: бастакыта Крейг Реймонд Төрнер (1958—2018), саксофонист Реймонд Хилл уола; иккиһэ Рональд Ренелл Төрнер (1960-2022), Айк Төрнер уола. 2013 сылга Эрвин Бахха эргэ тахсыбыта.

Тина Төрнер 1994 сылга Швейцарияҕа дьиэ ылан онно олохсуйбута. 2013 сылга Швейцария куомуннааҕа буолбута уонна Америка куомунуттан тахсыбыта. 2023 сыл ыам ыйын 24 күнүгэр Швейцария Күснахт хототугар уһуннук ыалдьан баран күн сириттэн бараахтаабыта.

Дискографията уларыт

Студия альбомнара уларыт

  • Tina Turns the Country On! (1974)
  • Acid Queen (1975)
  • Rough (1978)
  • Love Explosion (1979)
  • Private Dancer (1984)
  • Break Every Rule (1986)
  • Foreign Affair (1989)
  • What's Love Got to Do with It (1993)
  • Wildest Dreams (1996)
  • Twenty Four Seven (1999)

Саундтректар уларыт

  • Mad Max Beyond Thunderdome (1985)
  • What's Love Got to Do with It (1993)

Хомуурунньуктар уларыт

  • Simply the Best (1991)
  • All the Best (2004)
  • Tina! (2008)
  • Love Songs (2014)

Кэнсиэр альбомнара уларыт

  • Tina Live in Europe (1988)
  • Tina Live (2009)

Турдара уларыт

  • 1977: Australian Tour
  • 1978: Tina Turner Revue
  • 1979: Tina Turner Show
  • 1981–1983: Tina Turner: Live in Concert
  • 1984: 1984 World Tour
  • 1985: Private Dancer Tour
  • 1987–1988: Break Every Rule World Tour
  • 1990: Foreign Affair: The Farewell Tour
  • 1993: What's Love? Tour
  • 1996–1997: Wildest Dreams Tour
  • 2000: Twenty Four Seven Tour
  • 2008–2009: Tina!: 50th Anniversary Tour

Фильмографията уларыт

  • 1971: Ike & Tina Turner – Live in ’71
  • 1975: Tommy
  • 1979: Wild Lady of Rock
  • 1982: Nice and Rough Live
  • 1984: Private Dancer
  • 1985: Private Dancer Tour
  • 1985: Mad Max Beyond Thunderdome
  • 1987: What You See Is What You Get
  • 1987: Break Every Rule
  • 1988: In Rio ’88
  • 1990: Tina Live in Barcelona (Do You Want Some Action?)
  • 1990: Foreign Affair
  • 1991: Simply the Best – The Video Collection
  • 1993: Tina – What’s Love Got to Do with It?
  • 1993: Last Action Hero
  • 1993: The Girl from Nutbush
  • 1993: What’s Love Got to Do with It – Film
  • 1994: What’s Love? Live!
  • 1996: Wildest Dreams Tour Live in Amsterdam
  • 1997: Tina Turner Behind the Dreams
  • 1999: VH1 Diva’s Live
  • 2000: Celebrate! – The Best from Tina Turner (Birthday Concert)
  • 2000: One Last Time Live in Concert
  • 2005: All the Best – The Live Collection
  • 2009: Tina Live
  • 2021: Tina

Битиктэрэ уларыт

  • Tina! (1985)
  • I, Tina: My Life Story (1986)
  • My Love Story: A Memoir (2018)
  • Happiness Becomes You: A Guide to Changing Your Life for Good (2020)
  • Tina Turner: That's My Life (2020)

Сигэлэр уларыт